Thursday, November 15, 2018

Топонимика аҕата Багдарыын Сүлбэ

ссылка

Алтыс этээскэ тахсан, кыбартыыраҕа киирээппин кытта кумааҕы сыта тута биллэр. Бу – Саха сиригэр топонимика аҕалаатар аҕата Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ олорбут, уонунан сылларга үлэлээбит дьиэтэ-­уота.


Манна, барыллаан ааҕыынан, 450 тыһ. тахса сир аатыгар, 50 тыһ. тахса киһи аатыгар карточка баар”, — диэн киирээппин кытта Саха сиринээҕи гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын үөрэтэр институт үлэһитэ, филология наукатын хандьыдаата Багдарыын Сүлбэ уола Ньургун кэпсээнин саҕалыыр.

Олоҕо

Историк, этнограф, фольклорист, публицист, саха ономастикатын чинчийиини төрүттээччи, Саха АССР үтүөлээх учуутала, уопсастыбаннай диэйэтэл Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэ сэтинньи 8 күнүгэр төрөөбүтэ 90 сыла буолла. Кини эриирдээх-мускуурдаах олоҕун, айар үлэтин билбэт орто, аҕа көлүөнэ саха, бука, суоҕа буолуо.
Саамай күөгэйэр күнүгэр сылдьар уола хаан Миша Иванов Бүлүүтээҕи педагогическай училищены ситиһиилээхитк бүтэрэн, идэтинэн учууталлыы түһэн баран Педагогическай институкка үрдэтинэргэ санаммыта. Үөрэҕин кэнниттэн Кэбээйигэ учууталлаабыта, онтон 1958-1974 сылларга Бүлүү педагогическай училищетыгар дириэктэрдээбитэ.

Сир-дойду аатын үөрэтии

Бүлүүгэ үлэлиир сылларыгар дии, кини топонимиканан дьарыктаныыта. Сүлбэ уола Ньургун биир тэтэрээти арыйар. Таһыгар: “Землеведение. Бүлүү улууһун Баппаҕаайы сирдэрин ойуулааһын. Толордо — 2-с куурус устудьуона Акимова Ксения”, — диэн суруктаах, 1960-с сыллардааҕы устудьуон үлэтин көрдөрөр. Бу үлэҕэ Багдарыын Сүлбэ кыһыл харандааһынан “5” сыананы туруорбут. Ити курдук, Михаил Спиридонович өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэлбит оҕолор сайынын уһун сынньалаҥнарыгар дойдуларыгар баралларыгар сорудах биэрэн ыытара. Устудьуоннар бэйэлэрин саастыылаахтарыттан сурумматахтара чахчы. Бука, сири-дойдуну билэр кырдьаҕастартан истэн сурукка тистэхтэрэ. Михаил Спиридонович топонимиканы сэргээһинэ ити курдук саҕаламмыта. Уола бэлиэтииринэн, эрдэ тылбааска холонон көрбүт кэмнээх эбит. Онтон улахан уола тылланарын саҕана оҕолор саҥаларын тиһэн барбыт. Итиэннэ 1967 сыл­лаахха ити тиэ­­мэҕэ “Атах туппай”диэн бастакы кинигэтин бэчээттэтэн таһаарар.
Тыл үөрэхтээхтэрэ лингво-психология өттүнэн ырытыахтарын сөптөөх матырыйааллара. Оччотооҕу 1960-с уонна билиҥҥи кэм оҕолорун саҥаларын тэҥнээн көрүөххэ сөп. Аҕабыт сахаҕа үчүгэй матырыйааллары хааллартаабыт”, — диэн уола Ньургун бэлиэтиир.
Хас биирдии сир-дойду, анал аат хастыы даҕаны карточкалаах. Олоҕун аргыһа Варвара Михайловна хамнастаах үлэм, дьиэм-уотум түбүгэ диэбэккэ, “хара” үлэтин тэҥҥэ толорсоро үһү. Эбэтэр хонон-өрөөн ааһар аймахтара эмиэ көмөлөһөллөр эбит.

1580 дипломҥа илии баттаабыта

М.С.Иванов дириэктэр быһыытынан биир чаҕылхай уратылааҕа. Ол — хас биирдии үөрэххэ киирбит устудьуону ыҥыран сэһэргэһэрэ. Михаил Спиридонович педагог, иитээччи быһыытынан уратыта итиннэ көстөр. Кини ол ыҥыран, устудьуон хантан сылдьарын, туох төрөппүттэрдээҕин, сыл аайы кэлэр-барар ороскуотун төлүүр кыахтааҕын дуу, суоҕун дуу, ол быыһыгар сирин-дойдутун барытын ымпыктаан-чымпыктаан ыйыталаһара үһү. Кинилэр кэккэлэригэр тулаайах да оҕолор бааллар эбит. Көрүдүөргэ көрсө түстэҕинэ, хайаан даҕаны ол оҕо үөрэҕэ, туруга хайдаҕын, төрөппүттэрин кытта суруйсарын дуу, суоҕун дуу туоһулаһан ааһара үһү. “Аҕам балтараа тыһыынчаттан тахса дипломҥа илии баттаабыт устудьуонун барытын ааҕа билэрэ. Ханна да тиийдэр үөрэнээччилэрин көрсөн, хайдах олороллорун, оннооҕор сиэннэригэр тиийэ ыйыталаһара”, — диэн уола ахтар.
Арыт төрөппүттэртэн оҕолорбут суруйбат буоллулар диэн ирдэһэр ис хоһоонноох суруктар тигинээн тиийэллэр эбит. Оччоҕо Михаил Сипиридонович ол оҕону уталыппакка уруоктан кытта ыҥыттаран ылан кэпсэтэрэ уонна төрөппүттэригэр хайаан даҕаны харда суругу ыытара.

Күннүгэ – хаһыакка ыстатыйалара

Ханна да бардар Багдарыын Сүлбэ курдук тэтэрээтин, уруучукатын кыбыммытынан сылдьар киһи, хайаан даҕаны күннүк сурунар буолуохтаах, хаһан эрэ бэчээккэ таһааран ааҕааччыны үөрдүөхтэрэ диэн бүк эрэнэрим. Ол эрээри, уолуттан ити туһунан туоһуласпыппар: “Инньэ дии саныыгын?” — диэн баран кэпсээнин салгыыр. Ыйытыыга ыйытыыны кэтэспэтэх буолан, иһийэн олорон кэпсээнин истэбин. “Бу үлэ бириэмэни ылар. Аҕабыт булгуччу күннээҕи эрэсиими тутуһара. Киэһэ хойукка диэри үлэлиирэ. Инньэ гынан, күннүк сурунарыгар үлэттэн бириэмэ ордубат эбит. Мин өйдүүрбүнэн, күннүк суох. Кини күннүгэ – ыстатыйалара. “Кыым”, “Эдэр коммунист”, “Сахаада”, “Саха сирэ”, “Киин куорат” хаһыаттарга араас тиэмэлэргэ ыстатыйа суруйталыыра. Ол иһин кэмпириэнсийэ кэмигэр аҕаҥ ыстатыйаларын түмэн таһаарыаххын сөп этэ диэн эттилэр. Оччоҕо кини олоҕо, тугу туруорсубута, кимниин көрсүбүтэ, өйө-санаата, ханна баран кэлбитэ ырылхайдык көстөн тахсыах этэ”, — диэн уола Ньургун быһаарар.

Сахалыы ааттаах Уйбаныаптар

Багдарыын Сүлбэ бэйэтэ төһө да Мэхээлэтин, аҕатын аата Испирдиэнин, араспаанньата Уйбаныабын иһин, уолаттара уу сахалыы Ньургун, Айдаар, Эллэй диэн ааттаахтар. Аҕыйах сыллааҕыта улахан уола Ньургун аатын сурукка Багдарыын Ньургун Сүлбэ уола диэн толору сахатытан киллэттэрбит. “Ити Кудай сүүрэ сылдьар”, — диэн киирэр-тахсар иккитигэр сылдьар уолу ыйан, мин ыйытыыбар биир этиинэн хоруйу биэрэр. Ити курдук, Багдарыын Сүлбэ оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ бары, бэл диэтэр, күтүөттэрэ кытта сахалыы ааттаахтар.

“Сахалыы суруйар учуонай аҕыйах”

М.С.Иванов-Багдарыын Сүлбэ төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах “Имя. Язык. Этнос” диэн научнай-практическай кэмпириэнси­йэҕэ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үөрэ­тэр институт дириэктэрэ, филология наукатын хандьыдаата Гаврил Торотоев: Чинчийиитин сахалыы суруйар учуонай, хомойуох иһин, биһиги ортобутугар бэрт аҕыйах. Олортон биирдэстэрэ Багдарыын Сүлбэ. Тугу билбиппитин-көрбүппүтүн норуоппутугар, дьоммутугар-сэргэбитигэр ситэ тиэрпэппит диэн көрөбүн. Нууччалыы суруйабыт. Аны кэлиҥҥи кэмҥэ омуктуу суруйар идэлэннибит. Биллэн турар, ити үчүгэй. Ол гынан баран, идэтиттэн тутулуга суох, ким баҕарар ааҕыан, өйдүөн баҕарар эбит буоллахпытына, ханнык баҕарар эйгэҕэ сахалыы суруйуохтаахпыт. Бүгүн итини суолталаабакка сылдьаллар”, — диэн эттэ.
Кырдьык, Багдарыын Сүлбэ суруйуулара үксэ сахалыы тылынан. Кини ономастика курдук наука уустук салаатыгар чинчийиитин тас дойду ханнык даҕаны учуонайдарыгар анаабатаҕа, биллэ-көстө да сатаабатаҕа. Эйиэхэ, миэхэ — сахалыы тыллаах норуотугар, дьонугар-сэргэтигэр бүтүннүүтүгэр аахтыннар, биллиннэр, туһанныннар диэн ­анаабыта.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

No comments:

Post a Comment